ЫАЛДЬЫЫ

Аба-сата иҥнэҕинэ
Ааһан-сүтэн биэрбэтин:
Адаар курдук иннэлэрэ
Анньыалыыллар сүрэхпин.
Атастары ыҥырталаан
Аралдьыйар баҕа суох,
Ардыгар, бэл, айакалаан
Айманар да кыаҕым суох.
Дуона суох тыаһы даҕаны
Тулуйбат буоллум олох —
Ыытымаҥ дуу музыканы,
Хааллын чуумпу соҕотох!..
Симфония силлиэ тыалын
Сирбэт этим мин урут,
Сүргэ күүрэр сүдү тыаһын
Сөбүлүүрүм куруутун.
Ыытымаҥ дуу музыканы,
Ыытымаҥ дуу сэрэххэ:
Хааннаах суолу аны кини
Хаалларыаҕа сүрэххэ.
Оччоҕо дьэ онтон мин
Өрүттэрим биллибэт:
Төһө да муҥнаммыт иһин,
Түөртэ киһи тиллибэт.