ЫАР ТЫЛ-ӨC

Бэл, бу ыар тыл-өс үйэтигэр
Кымньыы тыллаахха кыттыһан
Дьону-сэргэни түүрэйдэһэр
Туох аанньа буолуой-куһаҕан.
Саха киһитэ өйдүүрүнэн
Ыар тыл-өс сэттээх-сэмэлээх,
Кэлин хайа эрэ өттүнэн
Бэйэҕэр төннөн кэлиэхтээх.

Ол эрэн бу бэлиэ тыллары,
Дьоммор өйдөтөр баҕалаах,
Мин онуоха-маныаха диэри
Этэн эрэрим наадалаах.

Ыарахан оло5у-дьаһаҕы
Ыарахан эрэ тылынан,
Истэргэ ыар буоллар даҕаны,
Этиэххэ сөп кырдьыгынан.