Ыраас ыралаах, сырлык сыаллаах олохпутун ыһан-тонон,
Сэбиэскэй норуот сиэрин-майгытын сиргэ-буорга тэпсэн,
Ис дьиҥин эттэххэ, ыраах хаһаайыттар ылгын уолаттара,
«Эмиэрикэ куолаһын» элбэх куолутуниҥэриммит дьон,
«Демократия!» дии-диилэр ис-истэриттэн иитиллэн,
Дьэ эбитээ, доҕоор, иирэн-кутуран аххан турбуттара.
Оннооҕор буолуоҕу көрсөн кэлбит уруккута улуу дойдуга
Ол эрэгтэри утары барар куус олох да суоҕун курдуга.
Алдьатарга эрэ аналлаахтар аҥаардастыы айбардаабыттара,
Арассыыйаҕа көҥүлү, дьолу аҕаллыбыт диэн айдаарбыттара.
Кинилэр обургулар киирэн-тахсан былааһы ылаатын,
Тойон буолбут доҕор киһилэрин дурда-хахха туттан,
Норуоттарын баайын сонно соһон-сыһан барбыттара.
Үллэстии, былдьаһыы-талаһыы – ытааччы баҕар ытаатын,
Уоруу, таҥнарыы, өстөһүү – барыта харчы туһуттан.
Дьэ маны барытын ааһан, демократтар тиэрэ байбыттара.
Аны онтон араас террористар, мантан туһанан байаарылар,
Аан дойду олоҕун атыйахтаах уулуу аймаатылар,
Уонна, өссө өлөрөллөрүнэн куттаан, ол икки атахтаах кыыллар
Бар дьону барытын сүрун-кутун тоһутан самыннара сатыыллар.
Террору хаһан эрэ тэҥэ суох охсуһуу төрөппүтэ.
Бэстилиэттэрин уонна бэйэ оҥоһуу буомбаларын
Норуот иннигэр ыар буруйдаахтарга чопчу тиийэн эһэллэрэ,
Ол эрэн хааннаах террор оччолорго да биһирэммэтэ.
Бүчүҥҥү көмүскээччилэр сарсын атын буолалларын
Олоҕу өр олорбуттар олус бэркэ билэллэрэ.
Ардыгар демократтар атылыы буолаллар авантюристарга,
Оттон авантюристар кубулуйан хаалаллар террористарга.
Өстөөхпүтүн өһөрүөхтээх, саастаахпытын самнарыахтаах саабыт-сэппит,
Өйдөөн-дьүүллээн көрдөххө, бэйэбитин утары бэлэмнэммит эбит.
Хара санаа, хара дьай хара былыттыы саба халыйан,
Амарах сүрэхтээх айыы киһитэ аны аҕыйах.
Арай дьэ истэрэ эриэн дьон иитэ-саҕата суох бардылар.
Эмиэ теракт… Эмиэ сүүһүнэн оҕотун олоҕун аһыйан,
Ийэ курдук, хараҕын уутунан суунна киһи аймах.
Хараҥа күүстэргэ баалатан хастар-хастар бүтэйдии абардылар,
Ол эрэн кыыллыйбыт урдустар оҥорбуттарын оҥоро тураллар.
Ол ону билигин тохтоппотоххо бэриллэ туруоҕа оҕолоругар,
Оччоҕо эмиэ кыыллыы быһыы сирэйин эрэлиигийэнэн саптыа,
Уонна кинини уураттаҕына да эйэ, таптал эрэ ууратыа.
Хаһан эрэ сир үрдүгэр үөрэх, сайдыы үрдээтэҕинэ
Улуу эрэлиигийэлэр улам-улам өлүөхтэрэ,
Оччоҕо кини аан дойдуну оҕо хараҕынан көрүөҕэ.
Ол аата кини хараҕар көрдөөх кыым күлүмнээтэҕинэ
Бу орто дойду олоҕор баар дьол-соргу, үтүө, кэрэ
Ханнык даҕаны таҥарата суох, хайдах баарынан үөрдүөҕэ.
Аны киһи алаһа дьиэтинэн аан дойду барыта буолуоҕа,
Араас омуктар оҕолоро атааннаһа барыахтара суоҕа.
Онуоха диэри, баҕар, уонунан, сүүһүнэн да сыллар ааhыахтара,
Ол эрэн кинилэр сиргэ көҥүлү, дьолу син биир аҕалыахтара.
Оттон биһиэхэ урут ол көҥүл, ол дьол барыта баара,
Билигин да көрө-көрө онно ымсыырыах этилэр,
Саарбах дьон дойдубутун иһиттэн эспэтэх буоллуннар арай.
Норуот дьоло демократияҕа диэн айдаара-айдаара,
Туора сир бааныгар дуоллардаммыттара эрэ баар кинилэр.
Онтон даҕаны атын оҥорторуо турдаҕа хара дьай.
Ити эрэн, алдьархайтан ас таһааран аһаабыт-сиэбит киһи
Эмиэ хааннаах террориһы эйигиннии абааһы көрөр ини!..э
Сибилигин тахсар сидьиҥ быһыы силистээх-мутуктаах буоллаҕына
Ситинтэн эрэ бука барыта, ситинтэн эрэ саҕаламмыта.