ЫЙДАҤА ТҮҮН

Халыҥ хаар суорҕанын бүрүнэн
Сир-дойду утуйар.
Ыраах тыа мастарын үрдүнэн
Кыыс курдук киэмсийэ, көрүнэ
Ый тахсан кылбайар.

Хонугар тиэтэйбит ат тыына
Суол устун субуллар.
Тоҥуу хаар ньууругар сыһыыга
Толору ый ыһар көй кыыма
Көмүстүү кутуллар.

Уоскуйбут, утуйбут санаалар
Эмискэ тиллэллэр.
Ыраас да, сырдык да санаалар,
Ый ыһар уотунуу сандаара,
Ыраахтан кэлэллэр!