ЫМСЫЫРЫЫ

Дьоннорум аһыы олорон
Туой миигин ыйытан сордууллар,
Хайыамый, ону толорон
Оскуолам туһунан кэпсиибин.

Күннэйгэ көстүүм ылбыттар,
Сардаанаҕа — саҥа саппыкы,
Атын даҕаны кыргыттар
Алдьархайын таҥналлар бары.

Арай мин аҕалаах ийэм
Атыылаһан ахан кэлбэттэр,
Хас сырыы аайы мэлийэн
Хараастан ыларбын билбэттэр.

Ымсыырбат буол, диэххит баҕар,
Ону билбэт ол хастаахпыный?
Ол эрээри атыттартан
Тоҕо мин хаалыах тустаахпыный?

Онуоха дьоннорум, биллэр,
Оруннаах харданы булаллар:
Бастыҥҥыт Маайа, дэһэллэр,
Куонааны холобур тутталлар.

Доҕоччуок, кинилэр курдук,
Дууһаҕын эн байыт, сайыннар,
Таҥаскар буолбакка, ордук
Талааҥҥар дьоннор ымсыырдыннар.