Үөрдэриттэн тутуллан,
Үүттээх биэлэр ыаналлар.
Саар ыаҕаска кутуллан,
Саамал кымыс ытыллар.
Сандаарар күөх сирэмҥэ
Сайыҥҥы күн сарыала,
Саҕаланар бу кэмҥэ
Саха омук ыһыаҕа.
Ыраах-чугас ыалдьыттар
Ыһар кумах курдуктар,
Үгүс-элбэх ыалдьыттар
Үрүҥ тунах курдуктар.
Оһуокайдаан ойор диэн
Ойуур маһын кэриэтэ,
Эһиэкэйдээн тэйэр диэн
Иирэ талах кэриэтэ.
Улахаттар-кыралар,
Кырдьаҕастар-эдэрдэр —
Бүгүн бары маанылар,
Бүгүн бары кэрэлэр.
Ыллаан-туойан, үҥкүүлээн
Ыһыахпытын ыстахпыт,
Көр, бэл түүммүт көҕүлээн
Күнүскүлүү сып-сырдык.
Түүнү-күнү эргитэн,
Түһүлгэни түстүөҕүҥ,
Таптыыр сирбит үрдүнэн
Тахсар күнү көрсүөҕүҥ.
Туйаарарбыт туойуоҕа,
Кэҕэ кыылбыт кэпсиэҕэ.
Хайаан олох уостуоҕай,
Хайаан кэрэ кэхтиэҕэй?!
Оһуо-оһуо оһуокай,
Оһуокайдыыр оһуокай!
Эһиэ-эһиэ эһиэкэй,
Эһиэкэйдиир эһиэкэй!