ЫРААНЫЫ

Онно-манна тардыллан,
Уһаан-кэҥээн хаалбакка,
Сып-сап курдук хомунан,
Баран-кэлэн хаалбыттар.

Барар киһи барыахтаах,
Кэлэр киһи кэлиэхтээх.
Бастаан сылдьар барыстаах,
Тиһэх сылдьар тэбиилээх.

Итини да билбэккэ,
Эрэйдээҕим биһикки,
Ыраанарбыт бэрдиттэн
Ырааппатах эбиппит.