ЫРААҺЫЙА

Ойуурга чыычаахтар ыллыыллар,
Ууларга көмүс күн оонньуур.
Ыарыы дуу дууһабын бу ыгар,
Ырыа дуу төрөөрү муҥнуур?!

Маннык кэмҥэ баар ээ миэхэ
Ырыам тахсар ытык сирэ,
Ыркый ойуур ыраас сирэ —
Ытыс саҕа ырааһыйа,
Ырааһыйа, ырааһыйа —
Ырыам тахсар ытык сирэ.

Күн тыкпат аны тыа баһыгар,
Күүскэ биллэр күһүн тыына.
Хонууга, тыаҕа барытыгар
Курус даҕаны хартыына.

Маннык кэмҥэ баар ээ миэхэ
Кутум-сүрүм туохтуур сирэ,
Хойуу ойуур ыраас сирэ —
Ытыс саҕа ырааһыйа,
Ырааһыйа, ырааһыйа —
Кутум-сүрүм туохтуур сирэ.

Kөpүҥ, ол былыты тыал ыста,
Күөх халлаан күнүү сыдьаайда,
Оо, эмиэ мин дууһам тардыста
Биллибэт кэрэ кыраайга.

Маннык кэмнэ баар ээ миэхэ
Ырам көтөр ырай сирэ,
Ыраах халлаан ыраас сирэ —
Ытыс саҕа ырааһыйа,
Ырааһыйа, ырааһыйа —
Ырам көтөр ырай сирэ.

Перейти к содержимому