Уйгу-быйаҥ сайыммыт
Орто Дойдуну оһуордуур,
Көрдөөх-нардаах айаммыт
Күөлү, үрэҕи уҥуордуур.
Ытык кэрэ сиргэ
Ырыа-тойук дьиэрэйэр,
Мандар-ойуу сэргэ
Мааны кыыстыыкиэркэйэр.
Улаханныын-кыралыын
Очуостары дабайабыт,
Онтон олох саҥалыы
Аан дойдуну арыйабыт.
Ытык кэрэ сиргэ
Ырыа-тойук дьиэрэйэр,
Мандар-ойуу сэргэ
Мааны кыыстыы киэркэйэр.
Улуу өрүс уутугар
Көмүс кыымнар күлүмнүүллэр,
Кырдалларын ньууругар
Кыталыктар үҥкүүлүүллэр.
Ытык кэрэ сиргэ
Ырыа-тойук дьиэрэйэр,
Мандар-ойуу сэргэ
Мааны кыыстыы киэркэйэр.
Сарсыардааҥҥы салгыны
Саамал кымыстыы иһэбит,
Айылҕаҕа махталы
Алгыс тылынан этэбит.
Ытык кэрэ сиргэ
Ырыа-тойук дьиэрэйэр,
Мандар-ойуу сэргэ