ЭКСПРОМТ

Бу маннык сайыҥны киэһэҕэ
Букатын даҕаны уум кэлбэт.
Билигин ол ону эһиэхэ
Мин сатаан быһаарыам биллибэт.

Ыраах дуу хаалбыт ол кэмнэрим
Ыарыылаах бөҕөтүк киирэллэр:
Эмиэ эн тэтэркэй имнэриҥ
Иннибэр бу көстөн кэлэллэр.

Хас уон сыл ол кэмтэн ааспытын
Хайаан мин өйдөөбөт буолуомуй,
Эн биһи эдэркээн сааспытын
Эгэ дьэ ол хайаан умнуомуй?

Эргийбэт эдэр саас ахтыыта
Эмиэ бу эрэйдээн эрдэҕэ,
Утуппат ол кини ыарыыта
Бу маннык сайыҥҥы киэһэҕэ.