ЭН ҮӨРЭҔИН ТУОХТАН ЭРЭ

Эн үөрэҕин туохтан эрэ –
Эн тулаҥ барыта кэрэ.
Бу түгэҥҥэ тоҕо эрэ
Аан дойду барыта кэрэ.

Онтон атын түгэннэргэ
Аан дойду – аан дойду эрэ,
Оттон санаа түһэригэр
Оо, элбэҕиэн төрүөт эрэ!..

Ханнаный тула баар кэрэ?
Хаалбыт дни сураҕа эрэ,
Ол иһин эн тускар кэрэ –
Эн санааҥ, эн дьыалаҥ эрэ.