ЭТИҤ

Эдэр сааһы эҕэрдэлии
эн кинини санаан ааһаар.
Ыксаабытын биллэрэрдии
Ыам ыйыгар этиэ, баҕар.
Бэс ыйыгар этиэхтэрэ
Биир кэм быйаҥ этиҥнэрэ.
От ыйыгар кэлиэхтэрэ
Отон буһар этиҥнэрэ.
Хаҥыл этиҥ, хаарыан этиҥ,
Хаһан кэлэн этэҕин,
Сүүллэр этиҥ, сүүнэ этиҥ,
Сүрэхпитин үөрдэҕин?

Күүһүн-уоҕуҥ түмүнээри
Күтүр ыраах күһүгүрүүр,
Онтон биирдэ түһүнээри
Улам чугас лүһүгүрүүр.
Оонньообута буола-буола
Ону күүтэр оҕо-аймах:
Хоту дойду кыыһа, уола
Куйаас күнэ бэрт аҕыйах!
Хаҥыл этиҥ, хаарыан этиҥ,
Хаһан кэлэн этэҕин,
Сүүллэр этиҥ, сүүнэ этиҥ,
Сүрэхпитин үөрдэҕин?

Күһүҥҥү түүн этиҥэ суох
Күлүмнүүллэр чаҕылҕаннар.
Сарсыныгар бырдах диэн суох,
саһан хаалтар чаҕыйаннар.
Аны этиҥ тыаһа-ууһа
Аймыа суоҕа биһигини,
Күүтүө арай сэмээр дууһа
Көрдөөх-нардаах ол этиҥи.
Хаҥыл этиҥ, хаарыан этиҥ,
Хаһан кэлэн этэҕин,
Сүүллэр этиҥ, сүүнэ этиҥ,
Сүрэхпитин үөрдэҕин?