Ийэкээним эрэйдээх
Сүөгэй үүттээх чээйи мин
Сүүбүргэтэ иһэбин,
Сөхпүт харах мичээрин
Сүрэхпинэнэ билэбин.
Итии, сылаас мичээрдээх
Ийэкээним эрэйдээх.
Эстэн-быстан, айманан,
Этэрбэһим алдьанан
Эмиэ ыраах сиртэн мин
Эргиллээхтээн кэллэҕим.
Эрчим биэрэр иэйиилээх
Ийэкээним эрэйдээх.
Иҥиир сабын утаҕын
Иннэтигэр угабын:
Ийэм оһох уотугар
Этэрбэспин улларар.
Итии, сылаас илиилээх
Ийэкээним эрэйдээх.
Мин ол ааспыт кэмнэри
Мэлдьи санаан эрдэҕим,
Түһээн, илэ ол иһин
Төннөн кэлэн истэҕим.
Итии сылаас мичээрдээх
Ийэкээним эрэйдээх.