Саха Өрөспүүбүлүкэтин И.Н. Егоров – Горнай аатынан көрбөт уонна мөлтөхтүк көрөр дьон анал бибилэтиэкэтэ харахтарынан доруобуйаларыгар хааччахтаах, олох араас эйгэтигэр ситиһиилээх дьону киэҥ араҥаҕа билиһиннэрэр, үйэтитэр сыаллаах үлэ араас көрүҥүн ыытар. Ол курдук Дьиэ кэргэн сылын үтүө-мааны үгэһин бэлиэтии, Үрүҥ торуоска ыйынньык чэрчитинэн алтынньы 17 күнүгэр бибилэтиэкэ ааҕааччылара кэрэ бэлиэ түгэҥҥэ, «Олох ыллыгынан…» диэн Прокопий Петрович Романовка аналлаах ахтыы киэһэтигэр Көрбөттөр уопсастыбаларын дьиэтигэр тоҕуоруһа муһуннулар.
Прокопий Петрович Романов – Дьокуускай куорат көрбөттөрүн уопсастыбаларын 1960-65 сс. Бэрэссэдээтэлэ, киэҥ билиилээх история учуутала, Саха сирин көрбөттөрүттэн бастакы нуучча дуобатыгар спорт маастарыгар кандидат, І разрядтаах саахыматчыт, ЯАССР уонна СССР хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ, уран тыллаах хоһоонньут, эйээркэй куоластаах ырыаһыт, хомусчут.
Ураты тыыннаах, эйгэлээх тэрээһиҥҥэ «Незрячие деятели Якутии» диэн кинигэ сериятын төрдүс таһаарыыта «Жизнь и партии Прокопия Петровича Романова» диэн ааттанан сүрэхтэннэ. Хомуурунньукка Прокопий Романов олоҕун, үлэтин, дьарыгын, талаанын тустарынан бииргэ үлэлээбит дьонун, доҕотторун, үөрэнээччилэрин, үөлэннээхтэрин үгүс ахтыылара, ыстатыйалара киирдилэр. Ону таһынан хаартыскалар, туоһу суруктар уонна Прокопий Романов кийиитэ, Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин бэтэрээнэ, үлэ бэтэрээнэ, Тамара Григорьевна Романова ахтыыта кинигэ ис тутулун байыттылар. Тэрээһиҥҥэ Тамара Григорьевна бэйэтэ кыттыыны ылла, маннык үтүө быһыылаах тэрээһиҥҥэ Прокопий Романов доҕотторо, үөрэнээччилэрэ сылаас истиҥ тылларынан ахтан, санаан ааспыттарыгар ис сүрэҕиттэн махтанна.
Прокопий Петрович Романов көрбөттөр уопсастыбаларыгар эрэ буолбакка, көрбөттөр анал бибилэтиэкэтигэр эмиэ сыһыаннааҕын туһунан бибилэтиэкэ дириэктэрэ Айталина Семеновна Корнилова бэлиэтээн эттэ. Ол курдук 1967 с. Өрөспүүбүлүкэтээҕи көрбөттөр анал бибилэтиэкэтэ төрүттэниитин бирикээһигэр Прокопий Петрович Өрөспүүбүлүкэтээҕи көрбөттөр уопсастыбаларын бэрэссэдээтэлин эбээһинэһин толорооччутун быһыытынан илии баттаабыта докумуоҥҥа хараллан сытар. Онон көрбөттөр анал бибилэтиэкэтин историятыгар Прокопий Петрович аата көмүс буукубаларынан суруллубута чахчылаах.
Истиҥ тыыннаах ахтыы киэһэтигэр Ишниязов Ибрагим Михайлович (СӨ көрбөттөрүн уопсастыбатын бэрэссэдээтэлэ), Спиридонов Николай Михайлович (Куорат көрбөттөрүн уопсастыбатын бэрэссэдээтэлэ), Романова Анна Петровна (Өрөспүүбүлүкэтээҕи көрбөттөр анал бибилэтиэкэлэрин 1974-2013 сс. үлэһитэ), Пассар Мария Николаевна, Колодезников Эдуард Григорьевич (Өрөспүүбүлүкэтээҕи анал (коррекционнай) оскуола-интернат учууталлара), Слепцова Зинаида Гаврильевна (Слепцов Г.А. төрөппүт кыыһа, Романовтар дьиэ кэргэн доҕоро), Хатылаев Иван Семенович (дуобакка Россия спордун маастарыгар кандидат), Васильева Алена Ивановна (СӨ көрбөттөрүн уопсастыбатын культура уонна реабилитация киинин дириэктэрэ), Харлампьева Мария Иннокентьевна (Романовтар дьиэ кэргэн доҕоро) ыҥырыылаах ыалдьыт буоллулар. Маны таһынан Прокопий Петрович уус-уран самодеятельность тэрээһиннэригэр чаҕылхайдык толорор «Эй, ухнем!» уонна «Увезу тебя я в тундру» диэн ырыалары «Филармония Якутии» симфоническай хорун артыыстара (Леонид Анциферов, Петр Попов) толорон, тэрээһини киэргэттилэр.
Олоххо дьулуурдаах, ураты дьоҕурдаах Прокопий Петрович Романов сырдык аатын кини оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ ааттата, үйэтитэ турдунар!
Евгения ПОТАПОВА