Саҥа үүнэр сылтан хас биирдии киһи тугу эрэ кэрэни, сырдыгы күүтэр, саҥа соруктары туруорар, ол барыта хайаан да туоларыгар эрэнэр.
Саха киһитэ былыр-былыргыттан тохсунньу ыйга Таҥха Хааҥҥа сүгүрүйэн, инникини тымтыктанан, иһиллэнэн көрөр үгэстээх. Бу күннэргэ Арчы духуобунас киинигэр дьон-сэргэ айылаҕалаах дьоннуун алтыһар ураты эйгэлээх кэмэ саҕаланна.
Тохсунньу 16 күнүгэр,Саха Өрөспүүбүлүкэтин И.Н. Егоров – Горнай аатынан көрбөт уонна мөлтөхтүк көрөр дьон анал бибилэтиэкэлэрин ааҕааччылара, Арчы дьиэтин сылаас холумтаныгар «Таайтарыылаах Таҥха ыйа» тоҕуоруһа муһуннулар.
Көрбүөччү, айылҕаттан айдарыылаах Афанасий Павлов – Күндүмэн күннээҕи үгэстэргэ тугу тутуһуохтааҕын туһунан санааларын, фольклор салаатын методиһа Петр Кычкин Таҥха ыйын тула иһитиннэриитин сэҥээрэ иһиттибит.
Бу курдук үтүө үгэстэри тутуһан, арчыланан, санаабытын бөҕөргөтүнэн саҥа сылбытын саҕалаатыбыт.
Ульяна Чичигинарова