Үбүлүөйдээх ыһыах!
Бэс ыйын 11 күнүгэр дьоллоох Туймаада уйгулаах хочотугар Үс Хатыҥҥа, Өрөспүүбүлүкэтээҕи көрбөттөр уопсастыбалара 85 сааһын бэлиэтиир үбүлүөйдээх үрүҥ тунах ыһыаҕа ньиргийэн ааста. Бу улахан ыһыахха орой мэник оҕолортон саҕалаан орто, улахан саастаах дьон, ону тэҥэ ыраахтан-чугастан ыҥырыллыбыт ытык мааны ыалдьыттар төбүрүөннээх түһүлгэҕэ түмүстүлэр. Аан маҥнай бука бары тоҕуоруһа мустан күн