
Арчы дьиэтин сылаас холумтаныгар түмсэн
Бүгүн, Олоҥхо күнүн көрсө, биһиги ааҕааччыларбытын кытта ытык Арчы дьиэтигэр сылдьан, үтүө алгыһынан арчыланныбыт уонна улуу олоҥхону иһиттибит. Олоҥхоһут Егор Никифоров уус-ураннык хоһуйан, мустубут дьоҥҥо умнуллубат түгэни бэлэхтээтэ. Эдэр толорооччу баай тылынан-өһүнэн, дириҥ маастарыстыбатынан олоҥхону истээччилэргэ олус итэҕэтиилээхтик тиэртэ, куту-сүрү тутар гына иэйиилээхтик толордо. Егор Никифоров – төрүт култуураны илдьэ







