Айылҕа барахсан модун кыаҕы, чулуу дьоҕуру, үтүө өйү, далааһыннаах талааны барытын холбуу аттаран, хатаҕалаан туран маанылыыр дьонноро баар буолар эбит. Маннык дьоннор олоххо сүрүн хамсатар күүс буолалларын билэбит. Биһиги төрөөбүт литературабыт сүһүөҕэр туруутугар, үүнүүтүгэр-сайдыытыгар хас да көлүөнэ саха талааннаах суруйааччылара өркөн өйдөрүн туһаайан, уоттаах-төлөннөөх айар илбистэрин бүүс-бүтүннүү ууран туран үлэлээбиттэрэ. Оннук суруйааччылартан биирдэстэринэн саха биир сиэдэрэй талааннаах уола Кулачиков Серафим Романович-Эллэй буолар.
Биһиги аҕа көлүөнэ дьоммут Эллэйи «эдэр ыччат түөстэрин дохсун долгун ырыанан түллэҥнэтэр гимнэри» төрүттээбит поэтынан ылыммыта. Кини ол курдук уратытык, чаҕылхайдык айар поэт.
Ааспыт бээтинсэҕэ библиотекаҕа саха бастакы народнай суруйааччыта, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй айар үлэтигэр аналлаах хоһоон уонна ырыа күрэҕэ буолан ааста.
Саха народнай суруйааччыта, поэт, публицист, литературнай кириитик, Эллэй айымньыларын саҥа хомуурунньуктарын хомуйан оҥорбут Семен Андреевич Попов-Сэмэн Тумат ыҥырыылаах ыалдьыт уонна дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ буолла. Ону тэҥэ дьүүллүүр сүбэҕэ биһиги библиотекабыт диктора, Саха сирин үтүөлээх артыыһа, П.А. Ойуунускай аатынан саха театрын артыыһа Елизавета Федотовна Потапова, П.А. Ойуунускай аатынан литературнай музей научнай сотруднига, поэт Николай Николаевич Рыкунов уонна биллиилээх ааптар, мелодист, педагог, ырыа культуратын пропагандиһа, библиотекабыт иһинэн үлэлиир «Сайдыы» кулууп салайааччыта, Алексей Кириллович Калининскай күрэҕи сыаналаата.
Күрэхпит өрө көтөҕүллүүлээх үөрүүлээх быһыыга-майгыга ааста. Калугина Эвелина Констиновна оҕо сылдьан Эллэйи кытары көрсүһүүтүн, Дмитриев оскуола эрдэхтэн Эллэй хоһоонун өйдүү сылдьарын бары түмсүбүт дьон долгуйа, кэрэхсии иһиттибит. Уонна Эллэй хоһоонноругар айыллыбыт ырыалары ыллаан-туойан бу киэһэни бэрт сэргэхтик атаардыбыт.
ХоҺоону ааҕыыга күрэх кыайыылаахтара:
Бастакы миэстэ – Дмитриев Григорий Егорович, «Буурҕа буулдьа дьылыгар» поэматтан быһа тардыы.
Иккис миэстэ – Филиппова Людмила Ивановна, “Сахам сирэ” хоһоон, А. Мосунов тылбааһыгар
Үһүс миэстэ – Калугина Эвелина Константиновна, “Пушкин” хоһоон, С. Болотин тылбааһыгар
Ырыа күрэҕэр кыайыылаахтар:
Бастакы миэстэ – Андреев Петр Васильевич, «Ийэҕэ»
Иккис миэстэ – Ширяева Клара Николаевна, «Капитан Гастелло»
Үһүс миэстэ – Варламова Раиса Степановна, “Үөрүүм-көтүүм үрдээ”.
Эллэйи кытта өр сылларга алтыспыт народнай поэт Савва Тарасов «Эллэй баара, Эллэй баар, Эллэй баар буолуоҕа», – диэн үйэлээх этиититин тоһоҕолоон туран, кини ырыалара өссө да ыллана, хоһоонноро этиллэ туруохтара диэн бигэ санаалаах Эллэй хоһоонунан ыстатыйабын түмүктүүбүн:
“Эһиги миигин өйдүөххүт
Уйгу быйаҥ ыһыаҕар,
Оһуохайгыт тойугар, ырыаһыккыт тылыгар
Оҕо хатан куолаһа хоһоон ааҕар уруогар
Миигин өйдөөн үөрүөххүт” (Эллэй)
Черкашина С.П.